Архив за месяц: Ноябрь 2023

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Уоланнар ааҕыыларын Түмүгэ.

«Мин тылым – мин тохтор тойугум, мин тылым – мин туойар хомуһум» П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар «Уоланнарга Өрөспүүбүлүкэтээҕи куйаар ситиминэн уус-уран ааҕыы» күрэһин ТҮМҮГЭ. «Тэрийээччилэр»: Таатта улууһун НАДь, “Дьохсоҕон нэһилиэгэ” ТСТ, Алампа аатынан НАДь, М.А.Петров аатынан библиотека. Уоланнарга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран ааҕыы күрэһигэр барыта 102киһи кытынна. «Дьүүллүүр сүбэ» : 1.П.А.Ойуунускай аатынан саха драматическай, Олоҥхо театрдарын… Читать далее »

Ааҕар Лилиана Макарова…

Лилиана Макарова М.А.Петров аатынан библиотекаҕа кыра эрдэҕиттэн бастыҥ ааҕааччы.Библиотекаҕа эдьиийэ Айыыналыын кэлбитэ.Детсадка сылдьар кэмиттэн билиҥҥэ диэри төрөөбүт дойдутун библиотекатыгар куруук сылдьар.Араас тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар эрэллээх ааҕааччы.»Мин Өксөкүм» бөлөххө ааҕар,соҕотоҕун да ааҕан араас күрэстэргэ бириистээх миэстэлэри ылар бастыҥ ааҕааччы.Лилиана ааҕыыларыттан сэҥээрэн истиҥ,көрүҥ.

«Мин Өксөкүм» ааҕар бөлөх

Дьохсоҕоҥҥо ыччаттар ааҕар бөлөхтөрүн кэнниттэн нэһилиэкпит хоһоону сэргээччи кыргыттарыттан саҥа бөлөҕү тэрийбиппит. Пандемия кэмигэр дистанционнай үлэ-үөрэх кэмигэр студентка кыргыттарбыт сөбүлэһэннэр иллэҥ кэмнэригэр Киэн туттар биир дойдулаахтарын Өксөкүлээх Өлөксөй,Алампа  айымньыларыттан ааҕан саҕалаабыттара.Онлайн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэргэ кыттан бириистээх миэстэлэртэн түспэтэхтэрэ. Биир дойдулаахтарын хоһооннорунан тохтообокко саха норуотун биллэр поэттарын хоһооннорун үөрэтэннэр репертуардарын кэҥэппиттэрэ. Нэһилиэкпит кэрэ кыргыттарын ааҕыыларын сэҥээрэн көрүҥ,хоһоон… Читать далее »

Алампа.Ким үөрэппитэй?

Алампа куолаһа» уонна А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан орто оскуолатын учууталларын,үлэһиттэрин «Саха саҥата» ааҕар бөлөҕө  Алампа «Ким үөрэппитэй?» хоһоонун үс тылынан ааҕыыларын сэҥээрэн көрүҥ.

Алампа айымньыларын ааҕыылар

Дьохсоҕон нэһилиэгэр 2015с. «Алампа куолаһа» диэн бастакы ааҕар бөлөх тэриллибитэ.Бөлөххө киирбиттэрэ араас үлэлээх эдэр ыччаттар.Кинилэри бу бөлөххө холбообута Алампа өлбөт-сүппэт айымньылара. Бары Алампаны оскуолаҕа үөрэтиэхтэриттэн ыла бэйэлэрэ сөбүлүүр айымньыларын хатылаан ааҕан,хоһоонноруттан үөрэтэн кини поэзиятын арахсыспат аргыс оҥостубуттара.Алампа тапталы таҥара оҥостубут истиҥ иэйиилээх хоһооннорун дууһаларынан ылынан, өйдөрүттэн сүппэт хоһооннорун бары бииргэ ааҕаннар таптыыр поэттарын үйэтитэллэр, кини… Читать далее »

Алампа…

Киэн туттар биир дойдулаахпыт саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ А.И.Софронов — Алампа төрөөбүт күнүгэр бүгүн (14.11.2023) ахтан- санаан ааһар *Алампалаах буоламмыт сахалыы дьиҥ ыраастык саҥарабыт дуу…* диэн Эбээ Валябыт хаһан да умнуллубат хоһоонун тылларынан ааттаммыт тэрээһиннэрбит аастылар. Хадаайыга биир дойдулаахпытыгар кэриэстэбил бэлиэтэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруу, үөрүүлээх митинг таптыыр биир дойдулаахпыт көмүс уҥуоҕар мустан үтүө үгэс… Читать далее »

Презентация новой книги.

📚📝📚📝📚📝📚📝📚📝📚📝 «Олоҥхолоон оҕонньор Эриэккэстик этэн-тыынан Эҕилдьитэн киирдэҕинэ — Урааҥхай саха барахсан Нохтолоох тойон сүрэҕэ долгуйан «Ноо!» диирэ эбитэ үһү… («Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон) Бүгүн, сэтинньи 3 күнүгэр, күнүс 14.00 ч. Таатта улууһугар Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр сырдык эйгэлээх Алгыс балаҕаныгар билиҥҥи кэм олоҥхону суруйааччыта, киэн туттар биир дойдулаахпыт, дьоһун Дьохсоҕоҥҥо Лөкүөрүйэ, Мэхээлэ Мочкиннар бастакы оҕолоро, күн… Читать далее »