Архив за месяц: Июнь 2023

«Үргэл сулус куорсуннара»

«Үргэл сулус куорсуннара» Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи литэрэтиирэ бэстибээлэ 📍 Бэс ыйын 28 күнүгэр Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповеднигар үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. 📍 Алгыс сиэрин-туомун ыытта алгысчыт К.И.Христофоров. Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта саҕаланан ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, Сахабыт сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Н.И.Харлампьева, киэн туттар биир дойдулаахпыт Е.В.Слепцова -Куорсуннаах, тапталлаах Алампабытын үйэтитээччи-үөрэтээччи В.Г.Семенова,поэтесса Н.В.Михалева-Сайа,… Читать далее »

Литературный фестиваль 2023

🌿💫📚✨🪶✨📚💫🌿 *»Үргэл сулус куорсуннара» Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи литэрэтиирэ бэстибээлин тосхоло* *Ыытыллар кэмэ:* бэс ыйын 28-29 күнэ, 2023 сыл. *Буолар сирэ:* «Таатта» литературнай музей-заповедник, Таатта улууһа. 🌿 *Бэс ыйын 28 күнэ* *10.00-12.00.* Кыттааччылары көрсүү. Бэлиэтэнии. Палаткаларынан түһүү. *12.00-13.00.* Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповедникка экскурсия. *13.00-14.00.* Күнүскү омурҕан. *14.00-14.30.* Алгыс сиэрэ-туома. Бэстибээл үөрүүлээх… Читать далее »

«Мин аатым ааттаныа…»

Саха норуотун уһулуччулаах диэйэтэлэ,суруйааччы,лингвист-учуонай,бөлүһүөк,олоҥхоһут П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ130 сылыгар аналлаах «Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа. ..» аһаҕас уус-уран ааҕыы күрэһигэр нэһилиэкпит үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Атын оскуолаттан уонна ыһыах ыалдьыттарыттан ааҕыыга күрэхтэһээччилэр суохтар. 1. «Биирдиилээн ааҕыы» күрэскэ Арсен Матвеев А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ күөн көрсөөччүтэ суох, соҕотох буолан быһа Кыайыылаах аатын… Читать далее »

Үрүҥ тунах ыһыаҕынан!

Алгыстаах аан ийэ дайдыларын Алтан ньээкэ далбарыгар, Туналҕаннаах тусаһатын Томтойор туонатыгар, Дириҥ — дэлэгэй Түһүлгэни түһэрбиттэр, Уолбат уйгу Улуу тунах ыһыаҕы тэрийбиттэр. П.А.Ойуунускай. САХА ЛИТЕРАТУРАТЫН ТӨРҮТТЭЭЧЧИЛЭРТЭН БИИРДЭСТЭРЭ, БӨДӨҤ ОБЩЕСТВЕННАЙ ДЕЯТЕЛЬ, БӨЛҮҺҮӨК, СУРУЙААЧЧЫ ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ ОЙУУНУСКАЙ төрөөбүтэ 130 сылыгар ананан дьоһун Дьохсоҕоҥҥо ыытыллар *»Мин ырыам ылланыа,мин аатым ааттаныа…»* аһаҕас уус – уран ааҕыы күрэһин балаһыанньата *Буолар… Читать далее »

А.С.Пушкиҥҥа анабыллар

«Куорсун» айар түмсүүттэн саҥа анабыл хоһооннору ааҕыҥ,сэҥээриҥ: Пушкинҥа Будулҕан ыллыктаах олоххор Уот кылыс тыллары көтүтэр Суруйар Эн бөрүөҥ кытарар, Суккуллар хоһоонуҥ субуллар. Куорсуну кынаттыы анньынан Солколуу суугунуур лирикаҥ, Кылыстыы кылбайа күөрэйэн Тахсара алыпка сууланан. Умнубат норуотун эйиигин, Хоһуйар бу кыаххын билинэр, Хоһоонуҥ тыыныгар иитиллэр, Улуукан Эн ааккар хоҥкуйар. Арылы. 06.06.2023 «Куорсун»айар түмсүү. Дьохсоҕон.Таатта   БУУСКУҤҤА.… Читать далее »

Читаем Пушкина вместе

Стихи великого русского поэта читают участники л/о «Куорсун»: Любовь Константиновна Власова, Акулина Павловна Колмогорова,В.В.Пинигина-Арылы. Жохсогон-2023.Таатта.  

«Читаем Пушкина вместе»

Библиотека бастыҥ ааҕааччыта Мичийэ Яковлева кинигэ туттара,уларса кэлэн таптыыр поэта А.С.Пушкин төрөөбүт күнүгэр аналлаах кинигэ выставкатын көрөн үөрдэ. «Кто такой Пушкин» диэн кинигэни уларыста уонна сөбүлүүр айымньытыттан быһа тардан үөрэ-көтө аахта.Кини быраатын Дуоланы кып-кыра эрдэҕиттэн библиотекаҕа кэлэригэр куруук илдьэ сылдьар.Бүгүн иккиэн велосипедынан кэлэн, аахпыт кинигэлэриттэн сөбүлээбит геройдарын уруһуйдаан аҕаланнар, приз туттулар. Маладьыастар!Мичийэ эбэтэ Октябрина Петровна… Читать далее »